Читать книгу Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо онлайн

Вот так, того, кто имеет предназначение, ничто не может одолеть. Раньше утверждали, что судьба человека предопределяется сразу же, как только он рождается. Судьбу переменить нельзя.

[Предания, легенды и мифы саха (якутов), с. 254–256]

Оҥоһуу

Арай биир ыалга хоноһо хоммут. Бу ыалга оҕоломмута үс хоммут дьахтар баара үһү. Хоноһо саҥа төрөөбүт кыһыл оҕо кыыһын дуу, уолун дуу билбэтэ. Тайҕалаан8 испит. Кини киэһэ аан айаҕар наара ороҥҥо утуйаары сыппыт.

Ол сыттаҕына, түүн үөһэ холобурдаахха, күөх өҥнөөх таҥастаах оҕолор9 дьиэҕэ киирэн кэлбиттэр. Киирээт, остуолга тиийэн кумааҕы тэлгэппиттэр. Маннык кэпсэппиттэр: «Дьэ бу кыыс дьылҕатын суруйуоҕуҥ, хайдах суруйабыт? Дьэ уһун үйэлээх, уһун олохтоох, бөҕө дьылҕалаах буоллун: быаҕа да өлбөтүн, быһах да хоппотун. Оҕото-уруута суох, ол эрээри имэҥнээх, сүрдээх эримсэх, содур буоллун. Ону аахсыбакка, кэнэҕэс бу аан айаҕар сытар киһи ойох ыллын», – диэн суруйан баран, тахсан барбыттар.

Киһи маны истэн абарбыт: «Мин, сүүрбэччэлээх киһи, бу төрөөбүтэ үс хонуктаах кыһыл оҕону ойох ылыам үһү! Хайдах быһах хоппот, быа кыайбат киһитэ буолуой? Дьэ мин ону холоон көрүөм», – дии санаабыт уонна, ийэтэ-аҕата утуйа сыттахтарына, оҕо иһин быһаҕынан хайа сотон кэбиспит. Ол кэннэ дьиэттэн тахсан барбыт. Сарсыарда ийэтэ-аҕата кыыстарын көрбүттэрэ – иһэ хайдыбыт эрээри, оһоҕоһо алдьамматах. Ону оннугар уган баран, тараһатын тигэн кэбиспиттэр.

Онтон ыла сүүрбэччэ сыл буолан баран, хоноһо эмиэ ол ыалга эргиллэн кэлбит. Ол сахха эр киһи, көнөн, байбыт-тайбыт. Ыаллар эмиэ кыахтаах дьон эбит. Ыалдьыт онно көрүөхтэн кэрэ сэбэрэлээх, үчүгэйкээн, чэгиэн эттээх-сииннээх кыыстаахтарын олус сөбүлээбит. Бу ыал кинини билбэтэхтэр, ыалдьыт да бу дьону билэттээбэтэх. Киһи кэрэ кыыстыын чугасаһыан олус баҕарбыт.

Киһи манна үс хас хоммут. Ол кэннэ дьиэлээхтэргэ арыгы туруорбут уонна ыал аҕа баһылыгар туһаайан эппит:

– Дьэ, оҕонньор, кыыскыт эргэ бара илик буоллаҕына, ыйытыахпын баҕарабын.

Oҕонньор хардарбыт:

– Ээ, оттон оҕо сөбүлүүрэ билиэ буоллаҕа дии.

Кыыстан ыйыппыттарыгар, кини сөбүлэспит. Бэргэһэлэммиттэр.

Вход Регистрация
Войти в свой аккаунт
И получить новые возможности
Забыли пароль?